«Тыа хаһаайыстыбата-2023»
Сэтинньи ый 24 күнүгэр үлэһит үтүө дьоннордоох Хадаар нэһилиэгин дьонугар-сэргэтигэр, тыа сиригэр олорор, сүөһү иитиитигэр, сиртэн үүнээйини ылыыга, тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарыыга сыралаһан үлэлиир дьону түмэр, сомоҕоллуур бырааһынньык бэлиэтэннэ. Кэм-кэрдии хаамыытынан олох сайдан иһэр, ол эрээри тыа сирин үлэтэ тыын суолтатын сүтэрбэт. Хадаар нэһилиэгэ тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар үлэлиир дьоно-сэргэтэ бу бырааһынньыкпытын үлэҕэ ситиһиилэрдээх, инникигэ эрэллээх көрсөбүт.