«Харыйабыт чаҕылый, сандаара умайыый!» Хадаар нэһилиэгэр Саҥа Дьыл тыына кэрэҕэ-үтүөҕэ угуйда
Кыһыммыт күүтүүлээх ыйа үүннэ. Ахсынньы ыйы кыра оҕотуттан саҕалаан аҕам саастаах дьоҥҥо тиийэ, бэйэлэрэ да билбэттэринэн олус күүтэллэр. Эргэ сылбыт бүтэн эрэрэ, саҥа сылга илгэ-быйаҥ, дьол-соргу тосхойорун күүтэн, санаа көтөҕүллэр кэмэ. Саҥа Дьылы күүтэр бэйэтэ туспа ураты турук.
Хадаар нэһилиэгэр Сылын ахсын ыытыллар, «Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» бэстибээл чэрчитинэн тэрээһиммит «Тымныы Моруоска баҕа санаа суруга» тэрээһинтэн саҕаланна. Нэһилиэкпит оҕолоро ким баҕалаах библиотекаҕа кэлэн сурук суруйдулар, баҕа санааларын лиискэ тистилэр. «Новогодний праздник» кинигэттэн хоһоон аахтылар, таабырын таайыстылар, минньигэс бэлэхтэри туттулар. «Мичил» уһуйаан оҕолоро Тымныы Моруос оҕонньору көрсөөрү баҕа санааларын кыһаллан туран уруһуйдаан почтаҕа уктулар.
Ахсынньы 6 күнүгэр күүтүүлээх Саҥа дьыллааҕы күөх харыйабыт уоттара күлүмнүү, араас өҥүнэн сандаара умайда.
Харыйа уота умайарын көрөөрү нэһилиэкпит дьоно-сэргэтэ тоҕуоруһа муһунна. Саҥа Дьыллааҕы муусука тыаһа салгыҥҥа кэрэ дорҕоон буолан, оҕо-аймаҕы муста. Тымныы Кыһын оҕонньор сиэн кыыһа Хаарчааналыын харыйабыт уотун күлүмүрдэтэ оонньото, сандаарда тиийэн кэлбиттэрин бу тэрээһини көрө-истэ кэлбит нэһилиэк олохтоохторо, оҕо-аймах уруйдаан-айхаллаан көрүстэ.
Тымныы оҕонньор, Хаарчаана сиэнинээн кэлбит ыалдьыттары эҕэрдэлээн, оҕолорго анаан аҕалбыт минньигэс кэһиилэрин туттардылар, харыйа тула хороводтаатылар, хаартыскаҕа түһэн үйэтиттилэр. Тымныы оҕонньорго оҕолор баҕа санаа суруктарын туттардылар уонна туолуоҕа диэн эрэнэ хааллылар.
Харыйа уота чаҕылыйа араас өҥүнэн оонньоото, кэлэн иһэр саҥа сыл тыынын тиэрдэн дьон-сэргэ сүргэтин көтөхтө, кэрэҕэ-үтүөҕэ угуйда, сырдык санааны сахта.