Олоҥхо дьыктаана-2024
Сэтинньи 25 күнүгэр Хадаар нэһилиэгин бибилэтиэкэтигэр Өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо декадатын чэрчитинэн ийэ тыл барҕа баайын иҥэриммит, сүдү айымньы тылын-өһүн таба суруйар үөрүйэҕи олохсутар-иҥэрэр сыаллаах үгэскэ кубулуйбут «Олоҥхо дьыктаана» аахсыйаҕа кытынныбыт.
Бу сыллата ыытыллар дириҥ суолталаах аахсыйаҕа уопсайа 8 киһи кыттыыны ылла. Быйыл дьыктаан Платон Алексеевич Слепцов — Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхотуттан быһа тардыллан ааҕылынна.
Түмүккэ 2 киһи – «Бастыҥ суруксут», 2 киһи – «Үчүгэй суруксут» добун суруктары тутан, үчүгэй түмүгү көрдөрдүлэр.
Аан дойду култууратын шедеврынан ааттаммыт саха норуотун тылынан уус уран айымньытын үрдүкү чыпчаала олоҥхобут сайда турдун! Хас биирдиибит олоҥхону ааҕыаҕын, сахабыт тылын сүмэтин иҥэриниэҕиҥ!