Муниципальное казенное учреждение культуры

Хадарская модельная библиотека

РС(Якутия), Чурапчинский улус, с. Юрюнг-Кюель, ул. Симы Сергеева, 17

Улуустааҕы “Уйа” дьиэ кэргэн күрэҕэ

Аан дойдутааҕы Дьиэ кэргэн күнүн чэрчитинэн Чурапчы улууһугар иккис төгүлүн “УЙА” дьиэ кэргэн күрэҕэ тэрилиннэ. Бырайыак ааптарынан Чурапчы улууһун дьахталларын сэбиэтин салайааччта Анастасия Афанасьева буолар. Күрэххэ Кытаанахтан Альбина уонна Иван Оконешниковтар, Мугудайтан Евдокия уонна Александр Колтовскойдар, Хадаартан Марфа уонна Рустам Артемьевтар уонна Чурапчыттан Ольга, Михаил Тарасовтар дьиэ кэргэттэрэ күөн көрүстүлэр. Биһиги нэһилиэкпит чиэһин 3 оҕолоох Марфа Семеновна, Рустам Артемьевтар дьиэ кэргэн көмүскээтилэр. Аҕыйах күн иһигэр тэринэ охсон, нэһилиэк туһа диэн, дьиэ кэргэн аатын өрө тутарга суолта биэрэн өйөөбүккүтүгэр истиҥ махталбытын тиэрдэбит!

Куонкурус барыта 4 түһүмэҕинэн ааста. Бастакы түһүмэх бэйэлэрин билиһиннэрдилэр, аҕалар кус үргээтилэр,ийэлэр күөрчэх ытыйдылар, сандалы остуолларын көмүскээтилэр, оҕолор дьиэҕэ үлэлэрин “Уйа” оҥоһугу көмүскээтилэр. Түмүккэ Хадаартан Артемьевтар  кыайыылааҕынан тахсан «БАСТЫҤ ЫАЛ» аатын сүктүлэр.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *