Ахсынньы 1 күнүгэр турбут түһүлгэҕэ мастан, тимиртэн, аныгы материалтан киһи эрэ сөҕө-хайгыы көрөр оҥоһуктарын араастара, мааны бэйэлээх ювелирнай киэргэллэр, кылтан-сиэлтэн бэргэһэлэр, сэлээппэлэр , бэртээхэй бэйэлээх оҥоһуктар, бэйэ оҥорбут куукулалара, национальнай көстүүмнэр, уо.д.а. бар дьон көрүүтүгэр турдулар. Нэһилиэкпит уран тарбахтаахтара талааннарын таһымын үрдэтэн, айымньылаахтык үлэлээн, өбүгэ ииһин култууратын сөргүтүүгэ үлэлэһиэхтэрэ диэн эрэнэбит уонна махтанабыт!
Категория: Норуот Маастардара
Улууспутугар «Культурный код» экспедиция тэриллэн ахсынньы 1 күнүгэр Хадаар нэһилиэгин уус-уран тарбахтаахтарын уонна норуот маастардарын оҥоһуктарын быыстапкатын кэлэн көрөн, сэргээн, сыаналаан бардылар. Манна сахалыы иис, кыбытык тигии, маһынан, кылынан уо.д.а атын оҥоһуктар дьон-сэргэ көрүүтүгэр турдулар. Бу күн Хадаар нэһилиэгин Норуотун маастара Ирина Николаевна Филиппова бэйэтин талаан тарбаҕыттан тахсыбыт оҥоһуктарын дьүүллүүр сүбэ иннигэр көмүскээтэ. Ирина Николаевна […]