Кулун тутар 31 күнүгэр Хадаар нэһилиэгэр кыһыны атаарыы тэрээһинэ буолан ааста. Бу күн түөлбэлэр икки ардыларыгар араас көрдөөх, ыһыылаах-хаһыылаах конкурстар, күрэхтэр ыытылыннылар. Эрдэттэн биллэриллибит күрэхтэргэ түөлбэнэн кыттааччылар, эдэр ыччаттар эрдэттэн бэлэмнэнэн кэлэн үөрэ-көтө кыттан, күрэхтэһэн, илин-кэлин түсүһэн сэргэхсийэн тарҕастылар. Көрдөөх частушкалары толорууга түөлбэлэр бары ох курдук оҥостон, дьэрэкээн былаатынан бүрүнэн, толору нуучча норуодунай инструменнарын туһанан […]
Категория: 2024 — год ТҮӨЛБЭ. КСМ «ҮРДЭЛ»
Кулун тутар 14 күнүгэр Аан дойду дьахталларын күнүгэр анаммыт «Веселая эстафета» нэһилиэк түөлбэлэрин кэрэ аҥардарын икки ардыгар күрэхтэһии буолан ааста. Хамаандаҕа 8-тыы дьахтар илин-кэлин түсүһэн, үөрэн-көтөн күрэхтэстилэр. 1 этап — Хамаанданан сүүрүү. Бу этапка «Кэскил» инники күөҥҥэ таҕыста 2 этап — Мээчиги тэйитэн, сүүрэн тиийэн корзинаҕа киллэрии. Манна «Кэскил» түөлбэ тэҥнээҕин булбата. 3 этап — […]
Кулун тутар 8 күнүгэр нэһилиэкпитигэр Аан дойду дьахталларын күнүгэр анаммыт түөлбэнэн “Үс ситим” дьиэ-кэргэн күрэҕэ ыытылынна. Күрэххэ «Сардаҥа» түөлбэттэн Анна, Камила, Афелия Мордускиналар, «Кэскил» түөлбэттэн Мария, Лия, Айыллаана Решетниковалар кыттыыны ыллылар, хомойуох иһин «Эрэл» түөлбэ хамаанда туруорбата. Тэрээһин сыалынан кэрэни кэрэхсииргэ, эбээ, ийэ, кыыс истиҥ сыһыаннарыгар, сатабылларыгар сыһыаран, ол холобуругар иитии буолар. Бастакы […]
Хадаар нэһилиэгэр олунньу 19 күнүгэр түөлбэнэн остуол тенниһигэр күрэх буолан ааста. Хамаандаҕа 4 дьахтар, 4 эр киһи күөн көрүстүлэр. Түмүк: 1 миэстэ — «Эрэл» түөлбэ, 2 миэстэ -«Кэскил» түөлбэ, 3 миэстэ — «Сардаҥа» түөлбэ Кыайыылаах «Эрэл» түөлбэ хамаандата, салайааччы Зинаида Николаевна Теренкова. Салҕыы олунньу 22 күнүгэр Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэригэр анаммыт түөлбэнэн «Военно-спортивнай эстафета» күрэҕэ […]
Ийэ тыл уонна сурук-бичик күнүгэр анаммыт декада чэрчитинэн Хадаар модельнай бибилэтиэкэтигэр, нэһилиэкпит спорт саалатыгар “Төрөөбүт тылбыт-барҕа баайбыт” түөрт түһүлгэлээх интеллектуальнай, ону таһынан сахалыы остуол оонньуутугар түөлбэнэн күрэхтэр буолан аастылар. Уопсай түмүккэ 1 миэстэ «Кэскил» түөлбэ, 2 миэстэ «Эрэл» түөлбэ, 3 миэстэ «Сардаҥа» түөлбэ таҕыстылар. Төрөөбүт тыл сүмэтин, эриэккэһин, кэрэтин иҥэрэн кыттыыны ылбыт биир дойдулаахтарбытыгар улахан […]