Хадаар нэһилиэгэр «Дьылҕа оҥоһуута» саҥа кинигэ сүрэхтэннэ.

Бэс ыйын 7 күнүгэр Хадаар нэһилиэгэр ураты кинигэ сүрэхтэниитин дьоро күнэ буолан ааста. Дьоро күҥҥэ СӨ үөрэҕириитин туйгуна, СӨ Суруйааччыларын союһун чилиэнэ, биир дойдулаахпыт Гавриил Иннокентьевич Адамов-Сайдам Хадаар нэһилиэгин олохтоохторо прототип быһыытынан киирбит, дьиҥ олоххо олоҕурбут «ДЬЫЛҔА ОҤОҺУУТА» романын сүрэхтээтибит. Саҥа кинигэ биһирэмигэр Дьокуускайтан, Чурапчыттан, ыалыы сытар Дириҥ, Хайахсыт, Чакыр нэһилиэгин дьоно-сэргэтэ кыттыыны ылбыттара, бу […]