Муниципальное казенное учреждение культуры

Хадарская модельная библиотека

РС(Якутия), Чурапчинский улус, с. Юрюнг-Кюель, ул. Симы Сергеева, 17

«Саха ыалын сандалы остуола» быыстапка-куонкурус. Григорьевтар дьиэ кэргэн.

Сэтинньи 27 күнүгэр Чурапчы улууһугар үгэс буолбут «Идэһэ-2024» дьаарбаҥка тэрилиннэ. Бу бырааһынньык чэрчитинэн Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо саас, Чурапчы улууһугар «Ыал саргыта» сылларыгар анаммыт «Саха ыалын сандалы остуола» быыстапка-куонкурус олус сэргэхтик, үрдүк таһымҥа ыытылынна. Хас биирдии нэһилиэктэн дьиэ кэргэттэр оҕуруот аһыттан, идэһэттэн, байанайтан бэриһиннэрбит бородууксуйаларын көрдөрдүлэр. Куонкуруска бииртэн-биир сонун бүлүүдэлэри көрдөрдүлэр, сандалыларын толору тардан, көмүскээн дьүүллүүр сүбэҕэ билиһиннэрдилэр.

Хадаар нэһилиэгиттэн Лидия Михайловна, Петр Петрович Григорьевтар дьиэ кэргэттэрэ тупсаҕайдык тардыллыбыт сүргэни көтөҕөр толору баай астаах сахалыы араас эгэлгэ көрүҥүнэн сандалы остуолу тардан олус тэрээһиннээхтик кыттыыны ыллылар. Сандалыларын кэпсээн көмүскээтилэр, дьиэ кэргэн үлэтин-хамнаһын билиһиннэрдилэр.

Түмүккэ Григорьевтар дьиэ кэргэн ситиһиилээхтик кыттан Анал бирииһинэн наҕараадаланнылар. «Хадаар нэһилиэгэ» тыа сирин түөлбэтин баһылыга Афанасий Степанов, С.Д.Флегонтов аатынан Хадаар орто оскуолатын коллектива, директор Петр Тарасов махтал суруктарын, бэлэхтэрин туттардылар.

Бүгүҥҥү күрэххэ кыттыыны ылбыт Григорьевтар дьиэ кэргэттэргэ алгыспытын аныыбыт толкуйдаабыккыт тобуллан, туолан истин, санаабыккыт сааһыланан, баҕа санааҕыт барҕара туруохтун! Туппуккут тупсан, оҥорбуккут үйэлээх, үлэҕит, үөрэххит тахсыылаах, ситиһиилээх буоллун! Аймах билэ дьоҥҥут, оҕоҕут – уруугут доруобай, дьоллоох буоллуннар!

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *