«Дьоскуоскайдар: төрүччү альбома»
Бэйэтин историятын билбэт норуот кэрэгэй дьылҕалаах буолар диэн бэргэн этии баар. Онтон хас биирдии киһи бэйэтин төрдүн-ууһун билэрэ, үѳрэтэрэ өбүгэтин иннигэр кини ытык иэһэ буолар.
Кинигэни хомуйан оҥордо Хадаар нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, биир дойдулаахпыт Марфа Николаевна Дьячковская – Дьаарыстаана.
«Дьоскуоскайдар: төрүччү альбома» 2024 сыл Дьокуускай куоракка «Сайдыы» издательско-полиграфическай центрга бэчээттэнэн таҕыста. Кинигэ-альбом уопсайа биир бастан турар. Барыта 25 экземплярынан, 85 страницалаах, 70х100 гыммыт форматтаах, таһыгар төрүччүнү көрдөрөр Аал Луук мас уруһуйдаах. “Сааһырбыт хаартыскалар – кэм туоһулара” дииллэриини урукку – билиҥҥи хаартыскалар кинигэни байыппыттар.
Альбом аннотациятыгар «Төрүччү альбом Чурапчы оройуонун Эрилик – Эристиин аатынан колхуос, сопхуос Хадаардааҕы отделениятыгар өр сылларга биригэдьииринэн, управляющайынан үлэлээбит, Хадаар нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, «Бочуот Знага» уордьан кавалера Николай Иннокентьевич Дьячковскай-Дьаарыс уола 100 сылыгар ананан оҥоһулунна» диэн суруллубута кинигэ ис хоһоонун арыйар. Кинигэ-альбом «Хаан-уруу өрүс да уутунан суураллыбат» диэн автор киирии суруйуутунан саҕаланар.
Кэнники кэмҥэ саха норуотугар төрдү-ууһу үөрэтиигэ интэриэс күүһүрдэ. Сылтан сыл бүттүүн улууһунан, нэһилиэгинэн, ийэ-аҕа уустарынан элбэх кинигэ бэчээттэнэн тахсар буолла. Өбүгэлэрбит этэллэринэн «Хас биирдии киһи сэттэ көлүөнэ билиитин, санаатын илдьэ сылдьар” диэн. Бу дьоҕус эрээри, дириҥ ис хоһоонноох кинигэ-альбомҥа сэттэ өбүгэ ситимэ киирэн, бу туһунан билсиэххит, ааҕыаххыт. Кинигэ-альбом өйдөнөрүн туһуттан хас биирдии страницаҕа суруллубут өбүгэлэрин туһунан ахтыыга, аттыгар төрүччүтэ түмүллүбүтэ бу чахчылар сиһилии арыллалларын бэлиэтиир. Оҕолор улаатан, билэ-көрө сатыыр кэмнэригэр, онно-манна көрдөөбөккө, биир сиртэн өбүгэлэрин туһунан аахтыннар, үөрэттиннэр диэн суруллубут кинигэ-альбом буолар.
Үөрүүлээх дьаһалга «Хадаар нэһилиэгэ» тыа сирин түөлбэтин баһылыга Афанасий Степанов, С.Д.Флегонтов аатынан Хадаар орто оскуолатын директора Петр Тарасов, тэрилтэ салайааччылара, нэһилиэк бэтэрээннэрэ, кинигэни сэргээччилэр кыттыыны ыллылар. Ааптар Марфа Николаевна Дьячковскаяҕа, компьютерга таҥан, сааһылаан киллэрбит биир дойдулаахпыт Августа Иннокентьевна Давыдоваҕа үйэлээҕи оҥорбуттарын бэлиэтээн туран махтал суруктары, бэлэхтэри туттардылар.
Урукку кэмҥэ үлэлээбит салайааччыны Николай Иннокентьевиһы кин салайар кэмигэр үлэлээбит кырдьаҕастар, олохтоохтор истиҥ ахтыылары оҥордулар.
Дьячковскайдар аймах оскуола түмэлигэр анаан хаан-уруу аймахтарын СӨ үтүөлээх бырааһа, Саха сирин суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, РФ Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, Абый, Таатта, Чурапчы оройуоннарын бочуоттаах олохтооҕо Дмитрий Дмитриевич Софронов мөссүөнэ түспүт хартыынатын бэлэх ууннулар.
Николай Иннокентьевич Дьячковскай үтүө аата умнуллубатын, кэлэр көлүөнэ ыччакка холобур буоллун.