«ҮС СИТИМ» кэрэ көстүү, кэрэ эйгэ, ийэ ууһун күрэҕэ!
Кулун тутар 8 күнүгэр нэһилиэкпитигэр Аан дойду дьахталларын күнүгэр анаммыт түөлбэнэн “Үс ситим” дьиэ-кэргэн күрэҕэ ыытылынна. Күрэххэ «Сардаҥа» түөлбэттэн Анна, Камила, Афелия Мордускиналар, «Кэскил» түөлбэттэн Мария, Лия, Айыллаана Решетниковалар кыттыыны ыллылар, хомойуох иһин «Эрэл» түөлбэ хамаанда туруорбата. Тэрээһин сыалынан кэрэни кэрэхсииргэ, эбээ, ийэ, кыыс истиҥ сыһыаннарыгар, сатабылларыгар сыһыаран, ол холобуругар иитии буолар.
Бастакы түһүмэх — дьиэ кэргэни билиһиннэрии. Бу түһүмэххэ Мордускиннар ситими быспакка үс көлүөнэ тылынан салҕаан бэйэлэрин билиһиннэрдилэр. Решетниковтар дьиэ кэргэн ситими салҕыыр сахалыы киэргэллэри кэтэн, салама тутан бигэргэттилэр.
Иккис түһүмэх — талааны көрдөрүү. Манна дьиэ кэргэттэр бары да үҥкүүнү өрө туталларын көрдөрдүлэр. Ол курдук Мордускиннар дьиэ кэргэн үс ситим үҥкүүтүн толордулар, Решетниковтар сахалыы ыаҕыйалаах үҥкүүнү, ону тэҥэ Лия Александровна оҕолорунаан вальс үҥкүүнү толордулар.
Үһүс түһүмэххэ дьиэ кэргэттэр боппуруостарга эппиэттээтилэр. Төрдүс «Эбээм хоппото» түһүмэххэ 70-80 сыллардааҕы муоданы көрдөрдүлэр.
Түмүккэ кыайыылаах үрдүк ааты «Кэскил» түөлбэ олохтоохторо Решетниковтар ыллылар. Иккис миэстэҕэ «Сардаҥа» түөлбэттэн Мордускиннар таҕыстылар. Кыттыбыт дьиэ кэргэттэргэ дьүүллүүр сүбэ добун суруктары, сертификаттары, бэлэхтэри туттарда. Маны таһынан сааскы маҥнайгы бырааһынньыгынан «Тускул» КСК кэлбит ыалдьыттарга сибэкки дьөрбөтүн бэлэх уунна.
КҮРЭХХЭ КЫТТЫБЫТ ДЬИЭ КЭРГЭТТЭРБИТИГЭР, КҮРЭҔИ ЫЛБАҔАЙ ЫРЫАНАН, ҮҤКҮҮНЭН КИЭРГЭППИТ НЭҺИЛИЭКПИТ ТАЛБА ТАЛААННААХ ДЬОНУГАР БАРҔА МАХТАЛБЫТЫН ТИЭРДЭБИТ!