Сэтинньи 25 күнүгэр Хадаар нэһилиэгин бибилэтиэкэтигэр Өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо декадатын чэрчитинэн ийэ тыл барҕа баайын иҥэриммит, сүдү айымньы тылын-өһүн таба суруйар үөрүйэҕи олохсутар-иҥэрэр сыаллаах үгэскэ кубулуйбут «Олоҥхо дьыктаана» аахсыйаҕа кытынныбыт. Бу сыллата ыытыллар дириҥ суолталаах аахсыйаҕа уопсайа 8 киһи кыттыыны ылла. Быйыл дьыктаан Платон Алексеевич Слепцов — Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхотуттан быһа тардыллан ааҕылынна. Түмүккэ […]
Афиша событий и мероприятий
Свежие новости
Сэтинньи 27 күнүгэр Чурапчы улууһугар үгэс буолбут «Идэһэ-2024» дьаарбаҥка тэрилиннэ. Бу бырааһынньык чэрчитинэн Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо саас, Чурапчы улууһугар «Ыал саргыта» сылларыгар анаммыт «Саха ыалын сандалы остуола» быыстапка-куонкурус олус сэргэхтик, үрдүк таһымҥа ыытылынна. Хас биирдии нэһилиэктэн дьиэ кэргэттэр оҕуруот аһыттан, идэһэттэн, байанайтан бэриһиннэрбит бородууксуйаларын көрдөрдүлэр. Куонкуруска бииртэн-биир сонун бүлүүдэлэри көрдөрдүлэр, сандалыларын толору […]
Сэтинньи 22 күнүгэр Чурапчы оройуонун Эрилик – Эристиин аатынан колхуос, сопхуос Хадаардааҕы отделениетыгар өр сылларга биригэдьииринэн, управляющайынан үлэлээбит, Хадаар нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, «Бочуот Знага» уордьан кавалера Николай Иннокентьевич Дьячковскай-Дьаарыс уола 100 сылыгар анаммыт «Тыа хаһаайыстыбатын сайдыыта-олохпут тупсуута» тэрээһин бэлиэтэннэ. Тыа хаһаайыстыбатын күнүгэр анаммыт үөрүүлээх чааска хороҕор муостааҕы хойуннарар, үрүҥ илгэни үлүннэрэр, сыспай сиэллээҕи сиэллэрэр Хадаар […]
Бэйэтин историятын билбэт норуот кэрэгэй дьылҕалаах буолар диэн бэргэн этии баар. Онтон хас биирдии киһи бэйэтин төрдүн-ууһун билэрэ, үѳрэтэрэ өбүгэтин иннигэр кини ытык иэһэ буолар. Кинигэни хомуйан оҥордо Хадаар нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, биир дойдулаахпыт Марфа Николаевна Дьячковская – Дьаарыстаана. «Дьоскуоскайдар: төрүччү альбома» 2024 сыл Дьокуускай куоракка «Сайдыы» издательско-полиграфическай центрга бэчээттэнэн таҕыста. Кинигэ-альбом уопсайа биир бастан […]
Сэтинньи 5 күнүгэр нэһилиэк культурно-спортивнай киин саалатыгар Сомоҕолоһуу, ил-эйэ күнүгэр анаммыт тэрээһин буолан ааста. Тэрээһин сыала доҕордуу сыһыан, түмсүүгэ, сайдыыга биир сомоҕо буолан олорорбутун бэлиэтиир. Бу күн олохтоох администрация, С.Д.Флегонтов аатынан орто оскуола, «Мичил» уһуйаан, нэһилиэк кыра тэрилтэлэрин (ветеринария, ФАП, «Тускул» КСК) холбоһуктаах хамаандалара илин-кэлин түсүһэн интеллектуальнай, спортивнай түһүмэхтэри аастылар. Уопсай түмүккэ: I миэстэ — «Хадаар […]
Ыам ыйын 24 күнүгэр Хадаар нэһилиэгин пенсионердара күөххэ үктэнэн самаан сайыны көрсө айылҕаҕа күүс-сэниэ ыла муһуннулар. Халлааммыт туран биэрэн, от-мас тыллан эрэр сыта, чыычаах ырыата, кэҕэ этиитэ, айылҕа саҥа уһуктан эрэр кэмэ буолан, дьон үмүөрүһэ мустан, үөрүү-көтүү үксээтэ. Сайыны көрсүү сири-уоту аһатыынан, салама ыйааһынынан, алгыһынан, буруоҕа ыраастаныынан саҕаланна. «Алгыс» пенсионердар түмсүүлэрин салайааччыта Мария Решетникова эҕэрдэ тылы […]
Аан дойдутааҕы үҥкүү күнүн, бүтүн Арассыыйатааҕы “Библионочь-2024” социальнай, культурнай акция чэрчилэринэн Хадаар нэһилиэгэр Борис Иванович Павлов-Кэм суруйуутунан «Сюзанна» пьесаттан быһа тардан үҥкүү тылынан литературнай дьүһүйүүнү көрдөрдүбүт. Нэһилиэкпитигэр үҥкүү күнэ уонна «Библионочь» тэрээһин сылын ахсын ыытыллар биир күүтүүлээх, араас сонун ис хоһоонноох, дьон сэргэ, улаханныын кыралыын көхтөөхтүк кыттар биир улахан тэрээһинэ буолар. Бу тэрээһин соруга соруга ааҕыыны […]
Аан дойдутааҕы Дьиэ кэргэн күнүн чэрчитинэн Чурапчы улууһугар иккис төгүлүн “УЙА” дьиэ кэргэн күрэҕэ тэрилиннэ. Бырайыак ааптарынан Чурапчы улууһун дьахталларын сэбиэтин салайааччта Анастасия Афанасьева буолар. Күрэххэ Кытаанахтан Альбина уонна Иван Оконешниковтар, Мугудайтан Евдокия уонна Александр Колтовскойдар, Хадаартан Марфа уонна Рустам Артемьевтар уонна Чурапчыттан Ольга, Михаил Тарасовтар дьиэ кэргэттэрэ күөн көрүстүлэр. Биһиги нэһилиэкпит чиэһин 3 оҕолоох […]
Хадаар нэһилиэгэр өрөгөйдөөх Улуу Кыайыы 79-с сылын көрсөр араас хайысхалаах тэрээһиннэр ыытылыннылар.Төһө да сэлээлии хаамыыны боппуттарын иһин, кэриэстиир миитинэн солбуллан, араас ацияларга кыттыыны ылан бырааһынньыкпытын бэлиэтээтибит. Кыайыы күнэ диэн хас биирдии киһиэхэ саамай күүтүүлээх, сырдык, кэрэ бырааһынньыгынан буоларын бары билэбит. Хадаар нэһилиэгэр 3 хоту көһөрүллүү кыттыылааҕа уонна сэрии сылын оҕолоро олороллор. Ыам ыйын 8 күнүгэр […]
Кулун тутар 31 күнүгэр Хадаар нэһилиэгэр ийэҕэ уонна оҕоҕо анаммыт сквер үөрүүлээх быһыыга-майгыга арылынна. Эбийиэк олохтоохтор уонна дьаһалта көҕүлээһиннэринэн олоххо киирдэ. Бу сквер дьон сөбүлээн сылдьар, сынньанар сиринэн буолуоҕа. Киириигэ оҕо кутун, ийэ кутун кэрэһэлиир 9 дьэрэкээн аарканан иһирдьэ ааһаҕын. Силигин ситэрэн сквергэ тохтоон, сынньанан, сэһэргэһэ түһэргэ анаммыт кэрэ көстүүлээх ыскамыайкалар, остуоллар турдулар, кыраһыабай билиитэлэринэн […]