Уорҕаҕа Саҥа сылы көрсүү
Тохсунньу 19 күнүгэр Уорҕа учаастагар Саҥа дьылы көрсө сэргэх тэрээһин буолан ааста. «Хадаар нэһилиэгэ» тыа сирин түөлбэтин баһылыга Афанасий Степанов сыл бастыҥнарын эҕэрдэлээн Уорҕа олохтоохторугар анал ааттары туттартаата:
«Эмис эти дэлэтээччи» — М.К., Д.Н. Адамовтар,
«Үлэ киһитэ» — И.И.Гаврильев,
«Саха төрүт дьарыгын тэнитээччи» — Л.М., П.И.Диодоровтар,
«Үрүҥ илгэни үрүлүтээччи» — Т.Г., И.Д. Дьячковскайдар,
«Быйаҥнаах бастыҥ ыал» — А.Д., А.С. Ивановтар,
«Тыа хаһаайыстыбатыгар киллэрсибит кылааттарын иһин» — И.К., Н.А. Протодьяконовтар,
«Сылгыны үөрдээн иитиини сайыннарар бастыҥ хаһаайыстыба»- А.П.Сергеев,
«Сыл бастыҥ саҕалааччылара»- А.П., А.И. Сидоровтар,
«Тупсаҕай туттунуулаах бастыҥ ыал»- Р.И., М.П. Степановтар,
«Удьуор утуму тэнитэр бастыҥ ыал»- В.Н., Г.М. Федоровтар,
«Уйгуну-быйаҥы уһансар ыал»- П.А., В.Е. Харитоновтар,
«Үлэ дьоно» — З.Д., Р.П. Степановтар,
«Тыа сирин туруу үлэһитэ»- И.В.Тарасов,
«Дьулуурдаах бастыҥа»- М.М.Дьячковская,
«Чаҕылхай уһуйааччы»- Д.С.Пестерева.
Эҕэрдэ эгэлгэ нүөмэрдэрин сэргэ араас куонкурустар, көрдөөх оонньуулар ыытылыннылар, үҥкүү-битии буолла. Кырачааннар үөрүүлэрин үрдэтэн Дед Мороз Саҥа дьыллааҕы бэлэхтэрин туттарда. Дьон-сэргэ ыытыллыбыт тэрээһинтэн үөрэн, сүргэтэ көтөҕүллэн, саҥа сылы дьоһуннаахтык саҕалаата